Хатылаевтар «Айар кут ситимэ»
Герман уонна Клавдия Хатылаевтар толоруулара
Норуот, бэйэтин былыргы үгэһин быйылгытын кытта ситимнээтэҕинэ, туох-эмэ күттүөннээҕи айар. Саха ырыатын-хоһоонун түөрэҥнээбэт төрдө ситэ-хото чинчийиллэ илик. Ол эрээри саха бэйэтэ ырыата ылбаҕайын, хоһооно хомоҕойун уонна доҕуһуолун уранын эндэппэт. Көхсүнэн билэр.
Герман, Клавдия Хатылаевтар өр сыл санаа-сорук оҥостон, көрдөөн-булан, омук тылын дуорааныгар, ырыатын матыыбыгар, үҥкүүтүгэр-битиитигэр сөп түбэһэр тыастаах, умнуллан эрэр, төрүт доҕуһуоллуур тэриллэри сөргүтэн ураты айар суолларын тобулуннулар. Ол тыас саха куолаһын бары араас дэгэтин, кылыһаҕын кытта силлиһэн биир бигэ айылҕа ырыата-тойуга буолан, саха кутун-сүрүн сынньатар, санаатын күүһүрдэр, саргытын үрдэтэр!
Дьиҥ сахалыы ырыа сатараатын!
Дьиҥ домноох тойук доргуйдун!
Уруй !!! Туску !!!
ДьГУ доцена В.Н. Протодьяконов
Хомус, кырыымпа, таҥсыр, чаҕаан, күпсүүр, дьаҕа уонна мас хобо туттулуннулар.
Bert Jickty уһулла, таҥна уонна тас көрүҥүн оҥордо.
ДьГУ доцена Н.В. Поисеева тылбаһа.
Айымньылаах дьон: Г.,К.Хатылаевтар (3,5,8,14), Л.Пустолякова (2), Л.Турнин (4,7), Л.Ефимова (5,10,13), И.Федосеев-В.Андросов (6), Х.Максимов (11), Уххан (14) уонна норуот ылыалара (9, 12,15)